Балаҕан ыйын 18 күнүнээҕи субуокка көрдөрбүтүнэн улуус окко былаанын куоһарда. Ол эбэтэр тиэрдиллибит 32239 туонна оннугар 33229 туонна от оттонон, былаан 103, 1 бырыһыан буолла. Былааннарын хаһаайыстыбалар, да чааһынайдар да аһары толорон быйылгы сылга хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх кыстыкка толору аһылыктаах үктэннэ.
Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын хомуйар субуоккатынан сирдэттэххэ, быйылгы оттооһун сезона хаһааҥҥытааҕар да үрдүк көрдөрүүлэннэ. Ол курдук тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар, бааһынайдар да, кэтэх хаһаайыстыбалар да тириэрдиллибит соругу чиэстээхтик толорору ситистилэр. Балаҕан ыйын 18 күнүн туругунан тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 8638 туонна оннугар, 8995 тоннаны кэбиһэн былааннарын 104,1 бырыһыан, бааһынай хаһаайыстыбалар 12227 туонна оннугар 12773,5 туонна оттоон былааннарын 104,5 бырыһыан уонна чааһынайдар 11374 тонна оннугар 11460 туоннаны оттооннор тиэрдиллибит соругу 100,8 бырыһыан толорору ситистилэр. Манна эбии сенажка былаан 169,2, сиилэскэ былаан 126,2 бырыһыан туоллулар. Онон уһун кыстыгы сүөһүбүт, сылгыбыт эрэллээх көрсөр.
“Амма олоҕо” хаһыат