21 Сэтинньи 21.11
  • -28°
  • $ 100,22
  • 105,81

Амма улууһун баһылыга төрөөбүт тылга сыһыаннаах саҥа дьаһалы таһаарда

Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин Тыл туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар олоҕуран, саха тылын сөпкө суруйууну, киэҥ араҥаҕа тарҕатыыга, харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга туһулаан Амма улууһун бары нэһилиэктэрин баһылыктара, тэрилтэлэрин салайааччылара үлэлиир компьютердарыгар сахалыы шрифт туруоруналларын ирдиир дьаһал таһаарда.

Бу бастатан туран үлэ докумуоннарын судаарыстыбаннай сахабыт  тылынан сыыһата суохтук суруйарга туһулуур. Иккиһинэн, сахалыы суруллубут докумуоннары хайа да салайааччы үлэтигэр туттар компьютера сөптөөхтүк ааҕарын ситиһии. Үсүһүнэн, сахабыт тылыгар ытыктабыллаах сыһыаны, харыстабылы үөскэтии.

Быйыл Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытар Амма улууһа, кини эдэр кэскиллээх салайааччыта төрөөбүт төрүт тылыгар уурбут ураты болҕомтотун, көдьүүстээх дьаһалын бары улуустар сэргиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Ааптар: С. Софронов

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА