2019 сыллаахха Аммаҕа Норуоттар спартакиадалара буолан ааспыта. Онно аан бастаан Амма символларын толкуйдаан, сонун идиэйэ олоххо киирбитэ.
Ол курдук, Дьэдьэн, Таммах, Сардаана, Бурдук курдук куукулалар баар буолбуттара.
Былырыын Аммаҕа ыытыллыбыт Адаптивнай успуорт спартакиадатыгар Харама хайатын символа баар буолбута. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар бу куукула-символлар Олоҥхо персонажтарынан буоллулар. Ол курдук, Дьэдьэн — Бухатыыр, Таммах (Амма өрүс) — Удаҕан кыыс, Харама хайата — Ыһыахтыы кэлбит дэйбиирдээх уол, Сардаана — Туйаарыма Куо, Бурдук — Аттаах көтүтэн иһэр уол. Онон Кыыс Амма символлара Олоҥхо ыһыаҕын өр сылларга өйдүү-саныы сылдьарга олоҥхо дьоруойдара бэлэх буолан, бу суолталаах өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһини тэрийсибит дьоҥҥо үйэ-саас тухары быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын саната сылдьыахтара.
Бу туһунан Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова маннык кэпсээтэ:
Ааптар: Елена Потоцкая, Саха сирэ саайт