22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Амма» ас-үөл комплекса 2023 сылга 875 туонна үүт аһылыгын оҥордо

Хаартыска: Саха НКИХ саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев Амма улууһун Чапчылҕан сэлиэнньэтигэр «Амма» тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибигэр сырытта, оҥоһуллар бородууксуйаны көрдө, ол туһунан Саха НКИХ суруйда.

Кээпэрэтиип бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Айсен Черноградскай бэлиэтииринэн ааспыт сылга ас-үөл комплекса 875 туоннаттан тахса үүт бородууксуйатын, 156 туонна арыыны, 17,7 туонна эт оҥоһугун уонна сэттэ туонна сыыр оҥорбут. Онон комплекс аһын-үөлүн өссө да элбэтэр былааннаах. Онно анаан эбийиэги уонна туттар тэрили саҥардыахха наада.

Манна атын улуустартан идэтийбит исписэлиистэр үлэлииллэр. Кинилэр дьиэ-уот тутуутугар көмө ыланнар, Амма улууһугар олохсуйбуттар.

«Амма» ас-үөл комплекса 2002 сылтан таас дьиэҕэ баар. Собуот иэнэ 653 кв.миэтэрэ. 2007 сылга эбии 400 кв.миэтэрэлээх сыыр сыаҕа тутуллубут. Үүт сыаҕар алта үлэһит үлэлиир-хамсыыр: маастар, лаборант, оператор, икки оробуочай, техническэй үлэһит. Сыыр сыаҕар – маастар, лаборант уонна оператор. Уу сыаҕа эмиэ баар.

Кээпэрэтиип үүт тутар 13 пууннаах. Ону тэҥэ аҕыс арыы сыаҕа, биир сепараторнай пуун, түөрт тутар пуун ааҕыллаллар. Ону таһынан Абаҕа сэлиэнньэтигэр икки идэһэни астыыр пуун, 200 туонналаах булуус, икки гараас уонна Аммаҕа маҕаһыын бааллар.

Кээпэрэтиипкэ уопсайа 77 киһи үлэлиир. Олор ортолоругар 12 тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибэ уонна 51 бааһынай хаһаайыстыба киирсэллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА