Амма сырын натуральнай бородууктаттан астыыллар, голландскай ырысыабынан. Сүөһү сиир ото уонна килиимэт сыр бу суордун оҥорорго табыгастаах. Араас регионтан дегустатордар бэлиэтээбиттэринэн, Амма сыра пармезаны уонна сэбиэскэй кэмнээҕи сыры кытта тэҥ амтаннаах.
Ааспыт сылга 8 туонна сыры оҥорон таһаардылар.
«Биһиги бородууксуйабытыгар наадыйыы баар буолла. Москваҕа 2022 сылтан ыытабыт, бастаан 100 киилэттэн саҕалаабыппыт, сылын аайы иэнэ эбиллэн иһэр. Былырыын 300 киилэҕэ тириэртибит. Соторутааҕыта бөдөҥ поставщигы кытта дуогабар түһэристибит уонна маҕаһыыннар ситимнэрин кытта. Логистика боппуруоһа быһаарылынна. Күһүн саҥа суорду таһаарыахпыт. Билигин кистэлэҥҥэ тутуллар», — диэтэ кини.
«Сырбытын аан бастаан «Зима начинается с Якутии» бэстибээлгэ көрдөрбүппүт. «Азбука Севера» Арктика куухунатын төрүттээччи Данил Козловтуун билсибиппит. Киэн туттабыт, бородууксуйабыт өрөспүүбүлкэ таһыгар биллибитигэр», — диэтэ Черноградскай.