25 Сэтинньи 25.11
  • -19°
  • $ 102,58
  • 107,43

Аммаҕа дьылы арыйар сааскы ат сүүрдүүтүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии буолла

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аммаҕа Д.Н.Трифонов аатынан ипподромҥа кыһыны атаарыы бырааһынньыга уонна дьылы арыйар сааскы ат сүүрдүүтүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытылынна. Ол туһунан «Амма олоҕо» хаһыат телеграм-ханаалыгар суруйда.

Быйылгы дьылы арыйар өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ элбэх киһини түмтэ. Үөрүүлээх чааска Ил Түмэн депутата Руслан Федотов, Ил Түмэн депутатын көмөлөһөөччүтэ Наталья Лукьянова, улуус баһылыга Николай Архипов, тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Ион Кононов, нэһилиэк баһылыга Михаил Артемьев, ат спордун улуустааҕы федерациятын бэрэссэдээтэлэ Айысиэн Черноградскай толору киһилээх трибуна иннигэр эҕэрдэлэрин эттилэр. Амматтан, Чурапчыттан, Горнайтан, Хаҥаластан, Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан уонна улууспут нэһилиэктэриттэн 1600 м, 10 000 м алта дистанцияҕа уонна коммерческай сүүрүгэ аттар илин-кэлин түһүстүлэр.

Анатолий Трифонов, Амма олохтооҕо: «Амма ипподромугар өрөспүүбүлүкэтээҕи сааскы ат сүүрдүүтэ кыһыны атаарыы бырааһынньыгын кытта буолбута олус табылынна. Ипподромҥа аҕам Дмитрий Николаевич аатын иҥэрбиттэриттэн олус үөрэбин. Урукку сылларга ат сүүрдүүтэ биир көнө суолга барара. Онуоха энтузиаст дьон ипподром буоларыгар табыгастаах диэн бу сири талбыттара. Онтон ыла ат сүүрдүүтэ манна ыытыллар буолбута. Аҕам ат сүүрдүүтүн олус сөбүлүүрэ, күрэхтэһиилэргэ комментатор уонна судьуйа быһыытынан үлэлиирэ. Аммаҕа Саха сирин норуоттарын оонньуулара ыытылларынан, Амма нэһилиэгин дьаһалтата көҕүлээһининэн ипподром тупсарыллан оҥоһуллубута наһаа үчүгэй. Бүгүн Амма дьонугар дьиҥнээх сааскы бырааһынньык буолла».

Андрей Константинов, ипподром хаһаайына: «Оҕо сааспыттан акка сыстан улааппытым. Кэлин соҕуруу ат собуотугар үлэлээбитим. Дойдубар төннөн кэлэн «Амма» сопхуоска уонтан тахса сыл тириэньэринэн ат баайыытыгар сылдьыбытым, кэлин сылгы иитиитинэн дьарыктаммытым. Бүгүҥҥү күрэхтэһиигэ сүүрэ сылдьар аттар сорохторо миэхэ төрөөбүттэрэ диэн үөрэбин. Кэнники сылларга аммалар сааскы сүүрдүүнү бастакынан арыйар буоллубут. Саҥа трибуна, көньүүһүнэ, күрүө – хаһаа тутуллан, сүүрэр суол тупсарыллан, ат сүүрүүтүгэр бэртээхэй усулуобуйа баар буолла. Мантан сайын өрөспүүбүлүкэ ааттаах – суоллаах аттара бары кэлэннэр сытыы киирсиилэри көрдөрүөхтэрэ диэн үөрэбин» .

Ааптар: Алтана Артемьева, «Амма олоҕо» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА