22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Алтынньы 10-12 күннэригэр кыстык хаар түһэрэ күүтүллэр

15:22, 02 октября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кыстык хаар өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар  алтынньы 10 — 12 күннэригэр түһүөҕэ диэн күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрэллэр.


Балаҕан ыйа сүрүннээн сылаас этэ. Балаҕан ыйын 25-с күнүттэн  өрөспүүбүлүкэ хоту уонна хотугулуу-илиҥҥи  өттүгэр салгын кыраадыһын орто көрдөрүүтэ 0 эрэ кыраадыстан намыһах. Билигин хаарын халыҥа биир 1-8 сантиметрга тийэр. Онтон арҕаа, соҕуруу оройуоннар, маны тэҥэ Горнай сороҕо хаарынан бүрүлүннэ.

Киин улуустарга улахан сөҥүү суох. Өрөспүүбүлүкэ арҕаа уонна соҕуруу өттүгэр инчэҕэй хаар түһүөн  сеп. Салгын кыраадыһа -2-7  кыраадыска диэри  тымныы,  халлаан халыннаҕына  — 8-13 кыраадыска тиийэ тымныйыан сөп. Манна  тэҥнээтэххэ, соҕуруулуу-арҕаа диэки лаппа ичигэс, салгын кыраадыһа  + 5-10 сылааһы көрдөрөр.

Источник: http://nvk-online.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар