22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Аллараа Бэстээхтэн Иркутскайга диэри тимир суолунан айан-сырыы күннэтэ олохтонуоҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Пуойас сырыытын  2023-2024 сс. саҥа графига  үлэҕэ киирдэҕинэ, Аллараа Бэстээх — Иркутскай хайысхатынан  айан-сырыы күн ахсын оҥоһуллуоҕа. Бу туһунан «Саха сирин тимир суоллара» АХ иһитиннэрдэ.

Оттон ахсынньы 17 күнүттэн Аллараа Бэстээх — Владивосток туһаайыытынан  быһа  айанныыр богуоннар сырыылара (беспересадочное  сообщение) күн көтө-көтө оҥоһуллуоҕа. Ол курдук тохсунньуга, кулун тутарга, бэс ыйыгар, от ыйыгар уонна балаҕан ыйыгар   –  чорбоҕо суох күннэргэ,  олунньуга, муус устарга, ыам ыйыгар, сэтинньигэ, ахсынньыга  –  чорбохтоох күннэргэ,  от ыйын ортотуттан атырдьах ыйын бүтүөр диэри  – күн ахсын.
Аллараа Бэстээхтэн – Благовещенскайга диэри урукку курдук сырыы күн ахсын олохтонор.

Маны таһынан, быһа айанныыр  богуннар сырыылара  (вагоны беспересадочного  сообщения) Аллараа Бэстээхтэн Иркутскайга диэри ахсынньы 18 күнүттэн олохтонуоҕа.

Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА