Сэтинньи 20 күнүгэр 18 чаас саҕана Аллараа Бэстээххэ диэри салгын сыттыктаах уу суудуналара сылдьар сирдэригэр уу анныгар икки массыына түстэ, биирэ Toyota Ipsum, иккиһэ таһаҕас тиэнэр Mazda Bongo. Икки массыынаҕа холбоон түөрт киһи айаннаан испит, барыларын быыһаатылар диэн Саха сиринээҕи ЫБМ иһитиннэрэр.
«ЛенаВодСервис» салайааччыта Борис Строев этэринэн, икки салгын сыттыктаах суудуна хапытааннара уонна икки пассажиры быыһаабыттар. Эмсэҕэлээбиттэр суохтар.