Ойуур уотун кытта охсуһууга регионнарга көрүллэр үбүлээһин 8,2 миллиард солк эбилиннэ. Саха сирэ эбии 1,1 млрд солк ылыаҕа. Билигин сүрүн сорук — баһаар турар сэрэхтээх кэмин иннинэ чуолкай бэлэмнэнии үлэтин ыытыы. Ол туһунан Дьокуускайга РФ экологияҕа миниистирэ Александр Козлов уонна Ил Дархан Айсен Николаев кыттыылаах мунньахха этилиннэ, суруйар СИА.
«Ааспыт сыл ойуур баһаардарыгар олус ыараханнык ааспыта, иннинээҕи үс сылы тэҥнээн көрдөххө. Саха сиригэр 1678 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ, уот сиэбит сирин уопсай иэнэ 9 мөл гектары куоһарбыта. Бу дойду үрдүнэн уот сиэбит территориятын 90 % ылар. Регионнар 2022 сыллааҕы бюджеты оҥорууну билэллэр. Улахан үлэ ыытыллыбыта, ойууру уоттан харыстыырга субвенцияны нуорма таһымыгар таһаарарга. Президент уонна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин сөптөөх быһаарыыларынан баһаары кытта охсуһууга эбии 8,2 миллиард солк көрүллүбүтэ. Онон билигин 6 млрд солк буолбакка, 14 млрд солк тахса буолла. Ол иһигэр Саха сирэ эбии үбүлээһиҥҥэ 1,1 миллиард солк ылыаҕа. Билигин регионнар баһаар буолар сезонун иннинэ бэлэмнэнии үлэтин чуолкайдык ыытар соруктаахтар», — диэтэ Александр Козлов.