Баһаарга сүөһүлэрин уонна тиэхиньикэлэрин былдьаппыт Горнай улууһун Бэс Күөлүн олохтоохторугар СӨ Бырабыыталыстыбата быһаарыытынан, 59 мөлүйүөн солк суумалаах көмө оҥоһуллубута. Бу харчы улахан өттө «Атамай» бааһынай хаһаайыстыбаҕа (баһылык Алексей Петров) 100 ынахха анаммыт комплексы тутууга барда.
Күн бүгүн «Атамай» хаһаайыстыба комплекса бетон акылаата оҥоһуллан, каркаһа таҥылла сылдьар. Дьоҕус хаһаайыстыбалар хотоннорун саҥаттан тутталларыгар эмиэ көмө оҥоһулунна, онуоха харчы биир ынах турар миэстэтигэр 40 тыһыынча солкуобайынан суоттанан бэрилиннэ. Хотоннору тутууга АПК тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ баҕа өттүлэринэн тиийэн көмөлөһө сылдьаллар. Онон тоҕус хотонтон түөрдэ бэлэм буолла.
Тиэхиньикэлэрин былдьаппыт дьоҥҥо көмөҕө 9 751 тыс. солк көрүллэн, түөрт тыраахтар: икки «Синтай-244» уонна икки «МТЗ-82.1» атыылаһылынна.
Оттон племенной хаһаайыстыбалар сүөһүлэрин былдьаппыт дьоҥҥо сүөһү биэриэхтэрэ.
Бу туһунан бэҕэһээ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов «Саха» НИКХ араадьыйатыгар аһаҕас эпииргэ кэпсээтэ, суруйда Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска Андрей Сорокин.