2 Ыам ыйа 02.05
  • $ 91,78
  • 98,03

Алдан улууһугар икки таһаҕас тиэнэр массыына кыттыылаах суол саахала таҕыста

17:37, 30 октября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алтынньы 29 күнүгэр сарсыарда «Лена» суол 517-с километрыгар икки таһаҕас тиэнэр массыына кыттыылаах суол быһылаана таҕыста. Биир киһи эмсэҕэлээтэ. Бу туһунан Саха сиринээҕи ГИБДД ИДьМ иһитиннэрэр.

SHACMAN таһаҕас тиэнэр массыына Нерюнгриттан Алдан диэки айаннаан испит. Тырааныспар 34 саастаах суоппара этэринэн, кини сыыртан түһэн иһэн халтарыйбыт.  ГИБДД бэлиэтээбитинэн, саахал буолбут кэмигэр хаар түһэ турбут.

Ол түмүгэр SHACMAN суоппара масыынатын кыайан салайбакка, утары испит Isuzu Forward массыынаҕа баран түспүт.

Саахал тахсар кэмигэр суоппардар арыгы испиттэрэ бэлиэтэммэтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар