Алдан оройуонугар маассабай саахал кэнниттэн 4 саастаах оҕону уонна дьахтары балыыһаҕа киллэрдилэр. «Лена» федеральнай суол 713-с километрыгар үс массыына харсыста диэн Саха сиринээҕи ГИБДД иһитиннэрэр.
1984 сыл төрүөх киһи Алдантан Дьокуускайга айаннаан иһэн Scania таһаҕас тиэйэн иһэн аһары түргэтээн, массыынатын кыайан салайбата. Ол түмүгэр кини Toyota Belta массыынаны кытта харсыста, ол түмүгэр бу массыына Nissan Datsun хаарыйда. Бүтэһик массыына уҥа өттүгэр түҥнэһиннэ.
Тойота массыына үс пассажира Томмот балыыһатыгар көрдөрдүлэр. Ол кэнниттэн оҕону уонна 52 саастаах дьахтары балыыһаҕа уктулар. Суоппардар эмсэҕэлээбэтилэр.
Быһылаан чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар