16 Балаҕан ыйа 16.09
  • -0°
  • $ 90,93
  • 100,8

Айыы Уола-Александр Самсонов туһунан документальнай киинэ таҕыста

15:16, 19 мая 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна  фольклорун түмэлигэр «Музейга ырыа дьиэрэйэр» диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолла. Бу туһунан СИА музей кылаабынай научнай сотруднига Мария Корнилова кэпсээтэ.


«Дириэктэр Аиза Решетникова музейга 25 сыл устата туох улахан үлэ, тэрээһин ыытыллыбытын, сүрүн хайысхалары кэпсээтэ, инники былаантан сырдатта. Салгыы СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй музейдарга анаабыт гимн ырыатын толордо, Айыы Уола-Александр Самсонов туһунан аҕынна. 90-с сылларга эдэр ыччат кумира буолбут ырыаһыт Александр Самсонов-Айыы Уолун сырдык кэриэһигэр аналлаах видеоэкспонат сүрэхтэннэ. Документальнай киинэҕэ Айыы Уолун кытта чугастык алтыспыт сүүрбэччэ киһи ахтыыта, Саша биэрбит интервьюлара, оскуолатааҕы кэмиттэн, кэнсиэр түгэннэриттэн таҥыллыбыт умнуллубат түгэннэр киллэриллибиттэрэ дьону-сэргэни улаханнык уйадытта. Айыы Уолун аатын үйэтитиигэ элбэх дуорааннаах тэрээһиннэри ыыппыт Варвара Калининская эдэркээн Саша Самсонов олоххо модун дьулуура, сырдыкка, кэрэҕэ хорсун тардыһыыта ыччакка билигин да холобур буоларын, орто дойду олоҕун сыаналыырга, таптыырга угуйарын бэлиэтээтэ», — диир Мария Ильинична.

Тэрээһин түһүлгэтигэр мустубут ыалдьыттар «Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым» видеоэкспонаты улаханнык долгуйан, уйадыйан көрдүлэр. Итиэннэ документальнай киинэни кыайа-хото туппуттарын, 58 мүнүүтэ иһигэр Айыы Уолун олоҕун, айар үлэтин бүүс-бүтүннүү толору арыйан көрдөрбүттэрин хайҕаатылар. Туруорааччы-сценариска Мария Корниловаҕа,  оператор уонна таҥан оҥорооччу Иван Яковлевка махтал тылларын эттилэр. Саша Самсонов ийэтэ Марфа Иннокентьевна оҕотун умнубакка өйдүү-саныы, сүрэхтэригэр чугастык тута сылдьар дьоҥҥо, аатын үйэтитээччилэргэ махтанна. Шурик маҥнайгы учуутала Вера Македонова, кылааһын салайааччыта  Лилия Яковлева, доҕоро, эстрада ырыаһыта Николай Андросов, “Кэскил” оҕо хаһыатыгар эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлээбит Варвара Угарова, о.д.а. санааларын үллэһиннилэр.

Бу күн  өрөспүүбүлүкэ биллэр мелодистарыгар аналлаах быыстапкаҕа муусука тэриллэрэ (инструменнар),  видеоҕа уонна магнитофоҥҥа уһуллубут матырыйааллар, хаартыскалар, бэчээккэ тахсыбыт матырыйааллар, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт ырыаһыттар көстүүмнэрэ, о.д.а. туруоруллубуттара болҕомтону тарта. Ыалдьыттар Айыы Уолун ырыатын иһиттилэр, ону сэргэ проигрывательга пластинка холбонно.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА