17 Балаҕан ыйа 17.09
  • -2°
  • $ 91,14
  • 101,28

Айсен Николаев уонна РФ Дьоруойа Игорь Юргин Нерюнгригэ байыас дьиэ кэргэнигэр сырыттылар

Дьиэ кэргэн түөрт оҕолоох. Улахан оҕолор таас чох бырамыысыланнаһыгар үлэлииллэр.
11:16, 26 августа
Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев РФ Дьоруойа Игорь Юргины кытта Нерюнгри оройуонугар аҕалара анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар Сухоруковтар дьиэ кэргэҥҥэ ыалдьыттаатылар.

Дьиэ кэргэн түөрт оҕолоох. Улахан оҕолор таас чох бырамыысыланнаһыгар үлэлииллэр. Онтон 11 саастаах кыра кыыстара Полина оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэр.

Байыас кэргэнэ аҕалара саас уопускаҕа кэлэн барбытын кэпсээтэ. Маны таһынан биир дойдулаахтара күүс-көмө буолалларын иһин ис сүрэҕиттэн махтанна. Айсен Николаев дьиэ кэргэҥҥэ аҕалара этэҥҥэ төннөрүгэр баҕа санаатын эттэ.

«Дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиини, бары үчүгэйи баҕарабын. Аҕаҕыт дьиэтигэр кыайыы көтөллөөх түргэнник кэлэригэр баҕарабын», — диэтэ аҕа баһылык.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА