Саха сирин Арктикатын сайыннарыыга уонна хотугу муора суолун баһылааһыҥҥа портары, нэһилиэнньэлээх пууннары саҥардыллыахтаах, тоҕо диэтэххэ, билигин кинилэр туруктара быстар мөлтөх.
Ол туһунан Айсен Николаев пресс-конференциятыгар эттэ.
«Араас биричиинэнэн Арктиканы баһылааһыны саҥа саҕалаан эрэбит. Бу Күчүстээҕи хайаны байытар кластер бырайыага, Уус-Куйгаҕа кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа тутуута. Бүтэһик холобурга көстөрүнэн, портары саҥардыы наада. Бу хайысхаҕа балаһыанньа быстар мөлтөх. Сир баайын кытта үлэлээччилэри уонна муниципальнай оройуоннары кытта үлэлииргэ былаан баар», — диэтэ Айсен Николаев.
Баһылык Тиксии бөһүөлэгэ саахалы туоратар-быыһыыр тирэх киин быһыытынан үлэлиирин, бу хотугу муора суолугар уонна дойду оборуонатыгар туһалаах буоларын эттэ.
Маны сэргэ, Николаев эппитинэн, Тиксии — Ньайба агломерацияны тэрийии уонна уу пуордун тутуу Саха сирин Арктиктын баһылааһыҥҥа тирэх буолуоҕа.