Айсен Николаев от хампаанньатын кыһалҕалаах боппуруостарын, Чурапчы улууһугар аһыҥа түспүтүн туһунан улуус баһылыгын Степан Саргыдаевы кытта көрсөн кэпсэттэ. Билигин оройуоҥҥа от бэлэмнээһинин былаана 27% туолла.
Степан Саргыдаев аһыҥа түһэн уонна кураан буолан улууска оттооһуҥҥа үрдүк бэлэмнээх режим биллэриллибитин, анал оперативнай штаб тэриллибитин иһитиннэрдэ.
«Биһиги суоттааһыммытынан биир квадратнай миэтэрэҕэ — 72 аһыҥа түһэр, алаас сирдэрэ улаханнык эмсэҕэлээтилэр», — диэн бэлиэтээн эттэ.
Саха сирин баһылыга сүөһү аһылыгын бэлэмнээһинин үрдэтэр туһугар көһө сылдьар мобильнай биригээдэлэргэ болҕомто уурар оруннааҕын бэлиэтээтэ. «Чурапчы улууһугар уустук быһыыга-майгыга мобильнай биригээдэлэргэ эбии көмө тэриллэрэ наада. Маннык сорудаҕы өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар уонна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр биэрдибит», — диэтэ Айсен Николаев.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Чурапчы улууһуттан Амма улууһун Абаҕа уонна Соморсун нэһилиэктэригэр, Хаҥалас оройуонугар мобильнай биригээдэлэр үлэлэрин туһунан дуогабар түһэрсилиннэ. Нам уонна Уус-Майа оройуоннарын кытта кэпсэтиилэр бараллар. Барыта 57 мобильнай биригээдэ үлэлиирэ былааннанар.
Оройуон баһылыга иһитиннэриитинэн, үүтү соҕотуопкалааһын былаана 5 тыһыынча 474 туонна буолар. Билигин 50 % тахса 2995 туонна бэлэмнэнилиннэ. «Былааны толору толоруохпут, Чурапчы уонна өрөспүүбүлүкэ киин куораты үүт бородууксуйатынан хааччыйыахпыт», – диэтэ Степан Саргыдаев.
Көрсүһүү кэмигэр оройуону инникитин гаастааһын уонна быраҕыллыбыт сирдэргэ култуурунай тиэхническэй үлэлэри ыытыы боппуруостарын эмиэ көрдүлэр.