Бикипиэдьийэ бэлиэтииринэн, 1989 сыллаахха бу күн Саха сирин аҕыйах ахсааннаах омуктарын I сийиэһэ буолбут. Онно Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарын Ассоциацията тэриллибит. Билигин хотугу норуоттар доруобуйаларын, олохторун-дьаһахтарын тупсарыыга болҕомто күүскэ ууруллар. 2021 сылга Саха сирин Арктикатыгар 25 мэдиссиинэ тэрилтэтэ арыллыаҕа.
Бэлиэ күннэр
- Кытай — Нанкин кэйгэллээһинин кэриэстиир күнэ
- Индонезия — Нусантара күнэ (Соҕуруулуу-илин Азия арыыларын сомоҕолоһууларын күнэ)
- Бразилия — Моряк күнэ.
Түбэлтэлэр
- 1642 — Голландия айанньыта Абель Тасман Саҥа Зеландияны арыйбыт.
- 1922 — Закавказье Сэбиэттэрин 1-кы сийиэһэ (Баку) биир кэлим Закавказье Социалистическай Федеративнай Советскай Өрөспүүбүлүкэтин олохтообут. Бу өрөспүүбүлүкэ 1936 сыллаахха эһиллибитэ.
- 1937 — Иккис Кытай-Дьоппуон сэриитин кэмигэр дьоппуоннар Кытай Өрөспүүбүлүкэтин оччотооҕу киин куоратын Нанкины ылбыттар. Нанкин эйэлээх олохтоохторун 6 нэдиэлэлээх кэйгэллээһин саҕаламмыт, ол түмүгэр 150-тан 300 тыһыынчаҕа тиийэ киһи өлөрүллүбүт.
- 1989 — Саха сирин аҕыйах ахсааннаах омуктарын I сийиэһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарын Ассоциацията тэриллибит.
- 1989 — Владимир Жириновскай баартыйата — Сэбиэскэй Сойуус либеральнай-демократическай баартыйата (ЛДПСС) — тэриллибит. Кэлин бу баартыйа ЛДПР диэн буолбута.
- 2001 — Михаил Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин быыбарыттан бэйэтин кандидатуратын устубут уонна Вячеслав Штыровка куоластыырга ыҥырбыт.
- 2003 — Тикрит куорат (Ираак) аттыгар Саддам Хусейн тутуллубут.
Төрөөбүттэр
- 1952 — Василий Апросимов — Тускун — Саха тыйаатырын артыыһа, суруйааччы, СӨ үтүөлээх артыыһа.
Өлбүттэр
- 1466 — Донателло — Италия аатырбыт Ренессанс кэминээҕи скульптора.
- 1904 — Николай Склифосовскай — үтүөлээх нуучча профессора, Елена Павловна клиническэй институтун дириэктэрэ, байыаннай-полевой уонна ис тиибин көҥдөйүн хирургиятын ааптара. Саха аатырбыт бырааһа Прокопий Сокольников киниэхэ үөрэммитэ биллэр.
- 2005 — Александр Чусовской — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччыта (1954—1962), Саха АССР үтүөлээх учуутала, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини аата Ньурбатааҕы техническэй лицейгэ иҥэриллибитэ.
- 2017 — Ньургун Тимофеев — саха бэлиитигэ, 2005—2008 сылларга Ил Түмэн бэрэстээтэлэ, техника билимин хандьыдаата, Нам уонна Өлөөн улуустарын Ытык олохтооҕо.