Дьааңы сирин Адыаччы нэһилиэгин Култуура уонна спорт киинигэр, тохсунньу ый 4 күнүгэр 15-16 саастаах кыргыттарга » Краса Адычи 2020″ күрэх ыытыллаары турар. Бу күннэргэ инстаграм куоластааһын саҕаланна. 7 кыыс кыттар.
100-кэ эрэ нэһилиэнньэлээх аңардас Алыһардаахтан 6 кыыс кыттар, биэс кыыс биир силистээх аҕа уустан.
Адыаччы кэрэ кыыһын аатын ылыыга кытталлар:
1. Кристина Потапова
2. Марина Горохова
3. Яна Рожина
4. Ньургустаана Юмшанова
5. Дария Горохова
6. Екатерина Рожина
7. Вераслава Слепцова
Кыргыттар «Россия 24» ханаалга уһулуннулар. Хоту дойду кэрэ куолара Бүтүн Арассыыйа эфиригэр көстүөхтэрэ.
Хоту дойду хаар кыырпаҕын бүрүнэн нарын оһуор ыспыт кыһына уонна Адыаччы кэрэ кыыһа диэн фотосессия ыытылынна, АО «Янгеология» инженер-геозист 1 катенориялаах фотограф Н.Е.Потапов, профессиональнай косметолог- визажист П.А.Иванова үлэлээтилэр.
Тохсунньу ый 4 күнүгэр Адыаччы нэһилиэгин култууратын уонна спордун киинигэр Адыаччы кэрэ куотун аатын көмүскээһин маанылаах түһүлгэтэ ыраах-чугас сирдэртэн ыалдьыттары кэтэһэр.
Адыаччы сирэ — сайдыы тэтимэ, кэрэ кыыс уйата, биллиилээх көмүс, мас уустарын, меценаттар, урбаанньыттар дойдулара. Дьааңылыы ыраас хааннаах саха ата, саха былыргы саңата, тыла-өһө, ырыата-тойуга, саха майныта, үгэһэ Адыаччыттан салаллар.
Ааптар: Раиса Чирикова