Сарсыарда улуус баһылыга Михаил Никулины кытта «Бэйэ идэтин талыы» тиэмэҕэ көрсүһүү буолла. Манна дьарыктааах буолуу киинин, электростанция, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын, Үрүҥ Хайатааҕы суудуна учаастагын, улуустааҕы балыыһа салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар, үлэни-хамнаһы билиһиннэрдилэр, ханнык идэҕэ ханна үөрэниэххэ сөбүгэр санааларын үллэһиннилэр.
Оҕолор улуус баһылыгыттан, тэрилтэлэр салайааччыларыттан интэриэһиргиир боппуруостарын — тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыкка туох көмө оҥоһулларыгар, салайааччы киһи туох тус хаачыстыбалардаах буолуохтааҕар, оҕо спортивнай оскуолатын тутуутун, түргэн интернет хаһан киириэҕин, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо хамсааһынын, о. д. а. тустарынан ыйыталастылар.
Михаил Гаврильевич түмүк тылыгар оҕолор улуустарын патриота буола улаатыахтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Бүгүҥҥү көрсүһүүбүтүгэр идэни талыы туһунан кэпсэттибит. Идэҕитин төһө сөпкө таларгытыттан эһиги кэнэҕэскигит тутулуктаах. Онон эһиэхэ бары үчүгэйи баҕарабын! — диэтэ.
Улуус баһылыгын кытта көрсүһүү кэнниттэн оҕолор «Көрдөөх стартарга» кытыннылар, шефтээх тэрилтэлэригэр ыалдьыттаатылар. Кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сырыттылар.
Киэһэ «Күөх уот» эҕэрдэ кэнсиэр, наҕараадалааһын буолла, оонньуулар, лотерея, дискотека ыытылыннылар. Бырааһынньык фейерверинэн түмүктэннэ.