Үөрэх дьыла түмүктэнэн, эксээмэн араспысаанньата чопуланан, аны үөрэххэ туттарсыы туһунан кэпсэтии барар. Үгүс абитуриеннар, төрөппүттэр ханнык докумуон ирдэнэрий, хайдах ыытабыт диэн туоһулаһаллар. edersaas.ru суруйар.
Үрдүк үөрэх РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин сайтыгар сурулларынан, быйыл үрдүк уонна орто үөрэххэ туттарсар абитуриеннар докумуоннарын бэс ыйын 20 күнүттэн, биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) иннинэ туттаран саҕалыахтарын сөп. Тутар хампаанньалар эрдэттэн база аһан бэлэмнии тураллар, онтон оҕо эксээмэнин түмүгэ билиннэ даҕаны эбии ситэрэн биэрэр. Оччотугар бириэмэни сүүйэллэр.
Саха сиринээҕи үрдүк үөрэх кыһалара докумуону дистанционнайынан туталлар. Холобура, үгүс оҕо туттарсар Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка буостанан эҥин ылбаппыт, дистанционнайынан университет бэйэтин саайтыгар абитуриент “личнэй кэбиниэт” арынан, онон тутабыт диэн эрдэттэн биллэрбитэ.
Арассыыйа гражданнарыттан маннык докумуоннар ирдэнэллэр:
1.Паспорт куопуйата (булгуччу)
2.Аттестат/диплом бэйэтэ уонна куопуйата (булгуччу)
Баар түгэнигэр эбии ирдэниллэр докумуоннар:
3.Медицинскэй ыспыраапка 086у/302н формалаах
4.ИНН
5.СНИЛС
6.Хаартыска 3х4 кээмэйдээх — 4 устуука
7.Тус ситиһии куопуйата (баар буоллаҕына)
8.Атын докумуоннар куопуйалара (ирдэниллэр түгэнигэр).
Тус сыаллаах үөрэххэ (целевое обучение) киирээччилэртэн эбии:
9.Тус сыаллаах үөрэнии дуогабарын (договор о целевом обучении) куопуйата
Оһуобай квотанан (по особой квоте) киирээччилэртэн эбии:
10.Чэпчэтиинэн туһанары туоһулуур докумуон (инбэлиит оҕолор, I уонна II группалаах инбэлииттэр, төрүөхтэриттэн инбэлииттэр, байыаннай сулууспа кэмигэр ылбыт эчэйии эбэтэр ыарыы түмүгэр инбэлиит буолбуттар, тулаайах оҕолор, төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыттар, уо.д.а. докумуоннарын куопуйата).
Сорох идэлэргэ доруобуйаларынан хааччахтар бааллар. Холобура, 302н формалаах медицинскэй ыспыраапка ирдэнээччи. Ону таһынан, лүөччүк идэтигэр туттарсааччылар букатын анал хамыыһыйаны бараллар. Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев сүрүн эрэдээктэрдэри кытта көрсүһүүтүн кэмигэр ыйыппыттарыгар тустаах боппуруос бүгүҥҥүтэ быһаарылла илигин эппитэ. Итиэннэ икки көрүҥ баарын быһаарбыта. Бастакытынан, оскуолаҕа ыытыллыбыт медицинскэй көрүү болдьоҕун уһатан биэрэргэ диэн. Иккиһинэн, быйыл медицинскэй көрүүнү судургутутан, поликлиникаларга туох баар ирдэбили тутуһан, аҕыйах сүрүн исписэлиистэргэ эрэ сырытыннаран ыспыраапка ыларга диэн.
Орто анал үөрэх
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, Саха сиринээҕи орто анал үөрэх кыһаларыгар туттарсарга абитуриеннартан докумуоннары бэс ыйын 20 күнүттэн дистанционнай ньыманан эрэ ылаллар. Электроннай ньыманан сайабылыанньаны бэлиэтээһин 2020 сыл бэс ыйын 20 күнүттэн https://edu.e-yakutia.ru эрэгийиэннээҕи порталга аһыллыаҕа. Маныаха абитуриеннар https://www.gosuslugi.ru/ судаарыстыбаннай өҥө порталыгар бэлиэтэммит буолуохтаахтар. Бэлиэтэммэтэх түгэннэригэр эрдэттэн регистарцияланар ирдэнэр.
Маннык докумуоннар ирдэнэллэр:
Сайабылыанньа
Паспорт
Үөрэх туһунан докумуон уонна (эбэтэр) үөрэх уонна квалификация туһунан докумуон
Хаартыска (3х4 кээмэйдээх) – 4 устуука.
Санатан эттэххэ, орто үөрэххэ киирэргэ биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) баала ирдэммэт, аттестатынан ылаллар. Үөрэххэ киириини быһаарыы (зачисление) үрдүк үөрэх кэнниттэн биирдэ буолар. Туттарсар үөрэххит саайтын кэтээн көрүҥ, ааҕыҥ, туһаныҥ.