Аатырбыт «Кыайыы күнэ» (День Победы) Улуу Кыайыы бырааһынньыгын солбуллубат гимнэ буолбут нуучча ырыата бүгүн юкагир тылынан ылланна. Ырыаны СӨ култууратын туйгуна Анастасия Курилова ыллаан иһитиннэрдэ.
Ырыаны юкагир худуоһунньуга, суруйааччы, суруналыыс Николай Курилов тылбаастаабыт. Анастасия Курилова ырыа тыллара тылбаас түмүгэр омук бэйэтин иэйиитин, санаатын тиэрдэрин этэр.
«Хайа баҕарар тылбаас биһиги тылбытыгар сөптөөх тыл суоҕуттан уустуктардаах. Ол иһин тылыттан тылыгар тылбаастаабакка айымньы ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн оҥоробут. Ырыа харата эрдэ оҥоһуллан сыппыта. Былырыын Владимир Санги остуоруйаларын, «Аве Мария» ырыаны тылбаастаабытым, быйыл ити үлэбин «Кыайыы Күнүн» тылбааһынан түмүктүүргэ санаммытым», — диэн Николай Курилов «Илкэн» хаһыакка кэпсиир.
Манна даҕатан эттэххэ, ырыаны былырыын Улуу Кыайыы 75 сылыгар Николай Николаевич быраата – Гаврил Курилов – Улуро Адо юкагир тылынан тылбаастаабыт. Ырыалар бэйэ бэйэлэриттэн уратылар. Ити сэдэх тыл баайын туоһулуур.