Саха сиригэр биир да саҥа ойуур баһаарын ааспыт сууккаҕа булбатылар, ону таһынан, 9 771 гектар иэннээх сиргэ 9 баһаары Алдан, Мииринэй, Сунтаар уонна Уус- Маайа оройуоннарыгар умуруордулар диэн экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Конопев иһитиннэрдэ.
«Алдан, Үөһээ Бүлүү, Мииринэй, Сунтаар, Уус- Майа оройуоннарыгар 30-тан тахса тыһыынча гектар иэннээх сиргэ алта ойуур баһаарын тохтоттулар»,-диэн эбэн эттэ миниистири солбуйааччы.
Атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 260 360 гектар иэннээх сиргэ 46 баһаар көрдүгэнэ баар, былырыын бу кэмҥэ 3 мөл 734 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 159 баһаар баара.
Билигин 70 221 гектар иэннээх сиргэ уонтан тахса баһаары умуллара сылдьаллар, мантан алта баһаар көрдүгэнэ ыраах сытар уустук суоллаах сирдэргэ сытар. Уоту суох оҥорууга 760 киһи уонна 51 тиэхиникэ үлэлиир.
Конпелев этэринэн, күн бүгүн ресурснай былыттаах буоллаҕына Як-42 эбэтэр Ан- 26 зондировщиктары туһаныахтара, ону тэҥэ күн- дьыл усулуобуйатыгар сөп түбэһиннэрэн Бе-200 сөмөлүөт Уус- Майа оройуонугар көтүөҕэ.
«Ойуур баһаарын этэҥҥэ аҕыйатан, Нерюнгри оройуонугар ыксаллаах быһыы-майгы режимин ыллылар уонна бүгүн Мииринэй оройуонугар маннык режими ылыахтарын син», — диэтэ миниистири солбуйааччы.