20 Муус устар 20.04
  • $ 93,44
  • 99,58

70 саастаах биэнсийэлээххэ эбии төлөбүр көрүллэр. Социальнай управлениеҕа билсиҥ

12:22, 26 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Биэнсийэлээх 70 сааһын туоллаҕына, ый аайы эбии төлөбүр көрүллэр. Билбэккэ хаалбыт дьон элбэх, онон сааһырбыт дьоҥҥутугар иһитиннэрэргэ тиэтэйиҥ диэн суруйар edersaas.ru


СӨ бырабыыталыстыбатын 2002 сыл кулун тутар 5 күнүнээҕи 341-II №-дээх “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор биэнсийэлээхтэр социальнай көмүскэллэрин эбии мэктиэлэрин туһунан” сокуонугар тирэҕирэн, бу төлөбүр оҥоһуллар.

Биэнсийэлээх 80 сааһын туолуор диэри ый аайы бэриллэр. Кээмэйэ – 730 солкуобай (2020 сылга). 80 саас кэнниттэн атын төлөбүр, суумата улахан (8-10 тыһыынча солкуобай).

Хайаан да  социальнай управлениеҕа баран, сайабылыанньа суруйуохха наада.

Докумуоннары ылбыттарын кэннэ, саҥа ый 1-кы чыыһылатыттан төлөнөн барар. Билбэккэ хаалбыт дьон элбэх, онон сааһырбыт дьоҥҥутугар иһитиннэрэргэ тиэтэйиҥ.

Дьокуускай куоракка социальнай көмүскэл управлениетын аадырыһа: Ленин пр., 4/1. Төл.: 31-95-10, электроннай почта:  uszn35@sakha.gov.ru

Сарсыарда 9-тан киэһэ 6 чааска диэри үлэлиир, эбиэккэ тохтобула – 13.00-14.00.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Интэриниэт ситимиттэн.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА