«Азия оҕолоро» Оонньууга Кытай кыыһа Ван Фанг уһулуччутук күрэхтэстэ. Кини 1500 уонна 3000 м уһуҥҥа икки төгүл чөмпүйүөннээтэ. 3000 уһуҥҥа кыайыыта судургута суох кэллэ.
«Мин дойдум спорду өйүүрүн иһин улаханнык махтанабын. Билигин Кытайга спорт муҥутуурдук сайда турар. Миэхэ ирдэбиллээх тренербэр, таптыыр төрөппүттэрбэр махтанабын», —диир Ван Фанг.
Кини 3000 м. аан маҥнай сүүрбүт, онон финалга бастакынан тиийэргэ улаханнык саарбахтаабыт.
«Күүстээх утарсааччылардаахпын билэр этим. Ол иһин кэлиҥҥи 300 м. сүүрүүм тэтимин эбэн биэрдим», — диэн Ван Фанг бэйэтин ньыматын кэпсээтэ.