22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

21 оройуон уонна Дьокуускай куорат бэтэринээр сулууспалара саҥа массыына ыллылар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускай уонна 21 оройуон бэтэринээр сулууспаларын бэрэстэбиитэллэригэр анал тэриллэрдээх массыыналар күлүүстэрин туттарда.

«Бүгүн биһиги, өр сыл кэнниттэн, бэтэринээр Департаменын анал автотехниканан саҥардабыт. Бу сүрүн уонна наадалаах тэрээһин. Маннык техникалаах буолуу санитарнай чөл туругу мэктиэлиир. Экономикаҕа уонна бэлиитикэҕэ ыарахаттар баалларын да иһин, бэтэринээрийэ хайысхатын өйүүргэ кыах булабыт», — диэтэ Айсен Николаев.

Баһылык бэлиэтээбитинэн, УАЗ автомобиль баазатыгар таҥыллыбыт буолан, техника мобильнай уонна иҥнигэһэ суох, бу Саха сирин усулуобуйатыгар олус суолталаах. Өссө биир сүрүнэ — комплектация өрөспүүбүлүкэ килиимэтин учуоттуур, тымныыны тулуйумтуо тэрилинэн эбии таҥыллыбыт.

Саҥа массыыналар Пензатааҕы «Автомедтехника» собуотугар оҥоһулуннулар.

Массыыналары ыллылар Дьокуускай уонна Алдан, Амма, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы оройуоттара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА