2025 сылга диэри оҕо көрөр-истэр босуобуйа муҥутуур кээмэйэ 57,4 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыаҕа. Бу туһунан Үлэ министиэристибэтин матырыйаалларыгар баар, диэн ТАСС биллэрэр.
Министиэристибэ дааннайынан, 2025 сылга диэри социальнай страховка биир кэлим кээмэйи киллэрдэҕинэ, 57,4 тыһ. диэри үрдүөҕэ. Билигин муҥутаан 37,9 тыһыынча солкуобай буолла.
Ону сэргэ 660,9 тыһыынча солкуобайга диэри хат, төрөтөр босуобуйа эмиэ үрдүөҕэ. Билигин муҥутаан 435,9 тыһыынча буолар. Ону таһынан, быстах кэмҥэ үлэтэ суох олорор дьон босуобуйатын кээмэйэ 2025 сылга 143,5 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ (билигин — 94,7 тыһыынча), ыстааһа 5- тэн 8 сылга диэри — 114,8 тыһыынча солкуобай (билигин — 75,7 тыһыынча), ыстаадаһа 5 сылга диэри — 86,1 тыһыынча солкуобай (билигин — 56,8 тыһыынча) буолуохтара.
Социальнай страховкалааһын бары көрүҥнэригэр биир тариф киирэрин туһунан сокуону РФ бырабыыталыстыбата өйөөбүтэ.