22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

2024 сылга Саха сиригэр 15 аэропорду саҥардыы үлэтэ түмүктэниэҕэ

Фото: Андрей Сорокин
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр «Магистральнай инфраструктураны модернизациялааһын уонна кэҥэтии кэлим былаана» национальнай бырайыагынан 2024 сыл бүтүөр диэри 14 аэропорт саҥардыытын түмүктүөхтэрэ. Ону таһынан, РФ Оборонаҕа министиэристибэтин күүһүнэн Тиксии аэропордугар искусственнай көтөр-түһэр балаһаны үлэҕэ киллэрэллэрэ былааннанар, диэн Саха сирин Минтранса иһитиннэрэр.

Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Сангаар, Хаандыга, Үрүҥ хайа уонна Депутатскай аэропортара номнуо туттарылыннылар. Ньурба аэропордун саҥардыы 2026-2027 сылларга көһөрүлүннэ. 2023 сылга Дьокуускай, Уус-Ньара уонна Черскэй аэропортарыгар өрөмүөн үлэлэрин түмүктүөхтэрэ. Ону тэҥэ, Нерюнгри аэропордугар сулууспалыыр-пассажирскай дьиэ тутуута уонна Бүлүү уонна Өлүөхүмэ аэропортарын инфраструктураларыгар эбилик эбийиэктэр тутуулара түмүктэниэҕэ.

«Мииринэйгэ Полярнай аэропорка көтөр-түһэр балаһа саҥардыыта уонна аэропорт комплексын тутуута 2024 сылга түмүктэнэрэ былааннанар. Эбийиэктэри саҥардааһын салгын тыраанспара табыгастаахтык айанныырыгар, авиационнай куттал суох буолуутун тиһигин бигэ туруктаах оҥорорго көмөлөһөр, уонна сөмөлүөтүнэн айаны судургу оҥорор», — диэн иһитиннэрдэ тустаах биэдэмистибэ миниистирэ Владимир Сивцев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА