Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү, тутуу уонна суолу оҥоруу саҕаланыытын, территориялары тупсарыы, хаар ыраастааһынын, санитарнай чэбдигирии туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьевтыын кэпсэттэ.
Евгений Григорьев национальнай бырайыактар туолууларын, тутуу сезонугар бэлэм саҕаламмытын, суол үлэтэ уонна территориялары тупсарыыга үлэ барарын кэпсээтэ. Өрүттэр уокурук дьаһалтата хаары тиэйии-тааһыы боппуруостарын быһаарыстылар. Бу хайысхаҕа тэрээһин кулун тутар устата барар.
Маны сэргэ бу сылга Ленин проспегын капитальнай өрөмүөнэ салҕаныаҕа. Барыта 21 км суолу реконструкциялыахтара.
«Кэпсэтии биир сүрүн боппуруоһунан хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата буолар. 2023 сылга Дьокуускайга итинник туруктаах 79 элбэх кыбартыыралаах дьиэни көтүрүөхтэрэ, 2,4 тыһ киһи саҥа дьиэ ылыаҕа. Эбийиэктэр болдьохторугар үлэҕэ киирэллэрин соруйдум», — диэн Telegram-ханаалыгар Айсен Николаев суруйда.