22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

2023 сылга дэкириэт төлөбүрүн муҥутуур суумата 380 тыһыынча солкуобайы аһарыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2023 сылга хат буолуу уонна төрүүр босуобуйа саамай муҥутуур суумата 383 178,60 солк. буолуоҕа, диэн «Российская газета» иһитиннэрэр.

Бу суума үлэлиир дьахталларга 140 күн иһин этэҥҥэ оҕолоннохторуна төлөнөр.

«Оҕо төрөөтөҕүнэ биир кэмнээх босуобуйа 23 011 солк. диэри үрдүөҕэ, хат буолан 140 хонук иһин дэкириэтинэй уоппускаҕа барыыга саамай муҥутуур төлөбүр 383 178,60 солк.тэҥнэһиэҕэ, оттон ыарыһах лиистэринэн төлөбүр муҥутуур кээмэйэ-83 204 солк. буолуоҕа. Тустаах параметрдар социальнай пуонда бүддьүөтүгэр киирбиттэрэ», — диэн РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ быһаарда.

Дьахтар ыараханных оҕолонор түгэнигэр босуобуйаны 156 күнүнэн ааҕыллар онон кэлэр сылга 426 970,44 солк. буолуоҕа (быйылгы сылга 401 325,60 солк. этэ).Игирэ оҕолору төрөтөр түгэҥҥэ 194 күнүнэн ааҕаллар оччоҕо босуобуйа кээмэйэ 2023 сылга 530 976,06 солк.тэҥнэһиэҕэ  ( 2022 сылга 499 084,40 солк. этэ).

Босуобуйаны суоттуурга дьахтар хат буолуон иннинээҕи икки сылга ыйдааҕы хамнаһын кээмэйин көрөллөр. Ол курдук, өскөтүн  хат буолуу уоппускатын 2023 сылга ылбыттарга 2021 уонна 2022 сыллааҕы дохуоттарын учуоттуохтара.

Өскөтүн дьахтар хат буолуор диэри үлэлээбэтэх буоллаҕына, үлэ биэрээччитэ киниэхэ сатаан босуобуйатын ааҕан таһаарбат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА