24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

2022 сылга Саха сиригэр айаҕы ииттинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2022 сылга Саха сиригэр айаҕы ииттинэн олоруу алын кээмэйинэн сорох көмө төлөбүрү дьон үбүн хайдах учуоттаах аныылларын СИА билиһиннэрэр.

Төлөбүр кээмэйэ өрөспүүбүлүкэ хайа зонатыгар олороргуттан быһаччы тутулуктаах.  Бастакы зонаҕа киирсэр улуустар –  Абый, Аллайыаха, Булуҥ, Үөһэ халыма, Дьааҥы, Муома, Аллараа Халыма, Өлөөн, Өймөкөөн, Орто Халыма, Эбээн- Бытантай, Мииринэй улууһун Айхал бөһүөлэгэ уонна Удачнай куората.

Иккис зонаҕа киирэр улуустар — Алдан, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ- Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Томпо, Уус- Алдан, Хаҥалас, Чурапчы оройуоннара уонна куорат уокуруктара бааллар.

Олорор сирдэрин учуоттаан, хас биирдии дьиэ кэргэн киһитигэр айаҕы ииттинэн олоруу алын кээмэйинэн:

  1. Оҕо ыйдааҕы пособиета;
  2. Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар оскуолаҕа кэтэр таҥас ылалларыгар сыллата көрүллэр төлөбүр;
  3. 3- тэн 7- гэр диэри саастаах оҕоҕо ыйдааҕы харчынан төлөбүр.

Бүтүн СӨ нэһилиэнньэтигэр тэҥинэн айаҕы ииттэн олоруу алын кээмэйинэн:

  1. Учуотка эрдэ турбут хат дьахтарга;
  2. СӨ үрдүнэн үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ 8-тан 17- гэр диэри саастаах оҕоҕо ыйдааҕы төлөбүр.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйин иккигэ төгүллэммит харчы ахсаанынан:

  1. Бастакы оҕоҕо 01.01.2018 (путинскай на 1- го) төрүөҕүнэн сибээстээн, ыйдааҕы харчы төлөбүрэ;
  2. Ийэ хапытаалын үбүн 01.01.2018 с. төрөөбүт оҕоҕо ыйдааҕы харчынан төлөбүр.

Дохуотун СӨ биллэриллибит орто кээмэйдээх дохуоттан үөһэ буолбатах буоллаҕына (42 119, 30 солк):

1. 11.01.2019 с. “айсеновскай”  үһүс уонна кэнники оҕолорго бэриллэр ыйдааҕы харчынан төлөбүр.

Санатан эттэххэ, 2021 сылга нэһилиэнньэ айаҕын ииттинэр үбүн алын кээмэйэ 18 368 солк., үлэлиир кыахтаах дьоҥҥо – 19 476 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 15 438 солк., оҕолорго – 19 201 солк. тэҥнэспитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА