22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

2022 сылга бизнескэ биир кэлим нолуок киирэрэ күүтүллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Госдуумаҕа кэлэр сылга Россия олохтоохторугар ханнык уларыйыылар киирэллэрин кэпсээтилэр, суруйар, РИА Новости.

«Экологияны тупсарыыга элбэх сокуон барыла киирэрэ күүтүллэр. Нолуок систиэмэтигэр төлөбүрү судургутутар уларыйыы баар буолуон сөп. Холобур, бизнескэ биир кэлим нолуогу киллэрии. Бу «самозанятайдарга» олус табыгастаах буолуоҕа», — диэн социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэт чилиэнэ Светлана Бессараб эттэ.

Парламентарий эппитинэн, дойдуга цифровизация салгыы сайдар. Холобур, кэлэр сылтан үгүс социальнай төлөбүрдэри ылыы сайабылыанньата суох утары оҥоһуллар буолуоҕа. «Ийэ хапытаала, биэнсийэ сорох төлөбүрдэрэ. Холобур, социальнай биэнсийэ электроннай сайабылыанньанан төлөнүөҕэ«, — диэтэ кини.

Онон дьон төлөбүрдэри туһаныыга усулуобуйалара судургу буолуоҕа диэн эбэн эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА