22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

2021 сылтан Саха сиригэр үүккэ субсидия саҥа механизмын киллэриэхтэрэ

11:02, 10 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Оробуочай бөлөх үүккэ субсидия көрүүтүн саҥа механизмын оҥорор. 2021 сылтан олоххо киллэриллиэхтээх. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын минииистирэ Александр Атласов бэҕэһээ соцситимнэринэн эттэ.


Александр Атласов эппитинэн, үүккэ сыана кэнники сэттэ сылга улаханнык уларыйбата — биир литр үүккэ субсидия 35 солк, маны сэргэ соҕотуопкалааччы эбии 10 солк биэрэр, онон 45 солк тэҥнэһэр. Техническай картанан нуорма быһыытынан биир лиитэрэ үүт сыаната — 59 солк.

«Былырыын өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев сыллааҕы ыҥырыы-этиитигэр 2021 сылтан субсидия көрүүтүгэр саҥа механизм киирэрин эппитэ. Тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар үлэлиир састааптаах оробуочай бөлөх бырайыагы бүтэрэн эрэр, корректировка оҥоһуллар, кэлэр нэдиэлэҕэ анал хамыыһыйа көрүөхтээх. Ол кэннэ иһитиннэриэхпит, болдьоммут кэмҥэ докумуон оҥоһуута түмүктэниэ», — диэтэ Александр Атласов.

Санатар эбит буоллахха, Айсен Николаев 2021 сылтан субсидия көрүүтүгэр саҥа механизмы киллэрэри эппитэ — кэтэх хаһаайыстыбаларга биир ыанар ынахха 35 000 кырата суох көрүллэрин, тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга үүккэ 35 солк-тан 50 солк-га диэри субсидияны улаатыннарары эппитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА