29 Кулун тутар 29.03
  • -15°
  • $ 92,26
  • 99,71

2020 сылга аҕыс кылгас нэдиэлэ баар буолуоҕа

16:21, 20 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2020 сылга Россия олохтоохторун аҕыс кылгас нэдиэлэ күүтэр. Дойду үрдүнэн өрөбүл күҥҥэ түбэһэр бырааһынньыктар үлэ күнүгэр көһүөхтэрэ.


📆 Кылгас үлэ нэдиэлэтэ тохсунньуга, олунньуга, кулун тутарга, муус устарга, ыам ыйыгар, бэс ыйыгар уонна сэтинньигэ баар буолуохтара.

🎄 Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэр кэннилэриттэн тохсунньуга икки эрэ үлэ нэдиэлэтэ баар.⠀

⭐ Олунньуга Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ баскыһыанньаҕа түбэһэринэн, өрөбүл күн 24-кэ көһөр. Онон олунньу бүтүүтэ биһигини түөрт күннээх үлэ нэдиэлэтэ күүтэр.

🌷 Кулун тутарга кэрэ аҥардар аан дойдутааҕы күннэринэн сибээстээн, иккис үлэ нэдиэлэтэ эмиэ түөрт күннээх буолуоҕа.

🌞 Саас уонна үлэ бырааһынньыгын кэнниттэн, ыам ыйыгар үс күннээх кылгас үлэ нэдиэлэ кэтэһэр.

🔥Улуу Кыайыы күнүн кэнниттэн эмиэ түөрт күннээх үлэ нэдиэлэтэ баар.

🇷🇺 Бэс ыйыгар дойду Суверенитетын күнэ өссө биир кылгас нэдиэлэни бэлэхтиэ.

🌐 Сэтинньигэ норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн сибээстээн нэдиэлэ ортото биир күн сынньаныахпыт.

🌿Халандаары туһан. Доҕотторгун кытта үллэһин! 🌸

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар