22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

13-с биэнсийэ туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэриэхтэрэ

14:01, 06 декабря 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Справедливая Россия — За правду» фракция депутаттара оптуорунньукка Госдуумаҕа бу сыл ахсынньытыттан кырдьаҕаһынан биэнсийэҕэ сылын аайы көрүллэр эбии төлөбүр туһунан этиилээх сокуон барылын киллэриэхтэрэ, суруйар ТАСС.

«Хас биирдии биэнсийэлээххэ, кырдьаҕаһынан страховой биэнсийэ анаммыкка, сылга биирдэ ахсынньыга эбии төлөбүр (13-с биэнсийэ) көрүллүө», — информагентство сокуон барылын быһаарыы суругуттан иһитиннэрдэ.

«Справедливая Россия — За правду» фракция салайааччыта Сергей Миронов быһаарбытынан, маннык төлөбүр саастаах дьону сыл бүтүүтэ «сэрэхтээх кирэдьииттэртэн» босхолуо. Сокуон барыла маны сэргэ 70-тан үөһэ саастаахтарга страховой биэнсийэҕэ фиксированнай төлөбүрү икки төгүл улаатыннарары этэр. Билиҥҥи сокуоҥҥа маннык төлөбүр 80-тан саастаахтарга көрүллэр.

Санаттахха, ахсынньы 5 күнүгэр Россия президенэ Владимир Путин биэнсийэ «накопительнай чааһын» тоҥорууну уһатар туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта — 2025 сыл бүтүөр диэри.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА