Саха сирин уон оройуонун киинигэр быыбардааччылар балаҕан ыйын 11 күнүгэр бэйэлэрин куоластарын «Биир ньыгыл Россия» партияттан туруоруммут кандидаттарга биэрдилэр.
13 оройуон киинин баһылыга быыбарданна, СИА суруйар.
Амма сэлиэнньэтэ — Михаил Артемьев,
Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ — Максим Силигиянов,
Зырянка — Сергей Долгов,
Бороҕон — Василий Аммосов,
Аллара Бэстээх — Юрий Колмаков,
Ленскэй куората — Анатолий Макушев,
Бүлүү куората — Ян Попов,
Мииринэй куората — Алексей Тонких,
Ньурба сэлиэнньэтэ — Геннадий Игнатьев,
Хаандыга бөһүөлэгэ — Петр Новгородов.
«Биир ньыгыл Россия» партияттан алта кандидат уонна икки партия политикатын өйөөччү кандидат Абый, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Бүлүү, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Томпо оройуоннарын баһылыктарынан быыбарданнылар.