Муус устар 1 күнүттэн, ФСБ ЯТЭК хампаанньаны бэрэбиэркэлээн эрэр. Бэрэбиэркэ Магомедовтар салайар «Сумма» хампаанньаларын бөлөҕө улахан харчыны уорууга балыллыбыт дьыалатын чэрчитинэн ыытыллар. ЯТЭК докумуоннарын компьютердартан хостууллар.
Бу күннэргэ бырааттыы Зиявудин уонна Магомед Магомедовтар 2,5 млрд.солк уорууга балыллан тутулуннулар. Быһааралларынан, араас тутууларга анаан судаарыстыба бүддьүөтүттэн көрүллүбүт харчыны уоруу тахсыбыт.
Холуобунай кодекс үс ыстатыйатынан дьыала тэрилиннэ. Магомед уонна Зиявудин Магомедовтары тэрээһиннээх бөлөҕү тэрийиигэ (Организованная преступная группировка), харчыны уорууга балыйаллар. Онтон «Суммаҕа киирсэр» «Интэкс» хампаанньа салайааччыта Артур Максидов дуоһунаһынан туһанан, Магомедовтары кытта харчыны уорууга балыллан эмиэ тутуллубут.
ЯТЭК «Сумма» хампаанньалар бөлөххө киирсэр.