4 Ыам ыйа 04.05
  • $ 91,69
  • 98,56

Ыам ыйыттан 8-16 саастаах оҕолордоох ыалларга көмө төлөбүр көрүллүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дойду бүддьүөтүттэн 8-тан 16-гар диэри саастаах  оҕолордоох ыалларга көмө төлөбүргэ 455 млрд солк. эбии көрүллүөҕэ. Ол туһунан Минфин баһылыга Антон Силуанов иһитиннэрбитин, «Российская газета» суруйар.

«Төлөбүрү бу сыл ыам ыйыттан саҕалаан биэриэхтэрэ. Дьиэ кэргэн көмөҕө төһө наадыйарын муус устар 1 күнүттэн саҕалаан социальнай казначейство принциптэригэр олоҕуран сыаналыахтара», — диэн бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, саҥа босуобуйаны анааһын туһунан Владимир Путин эрдэ иһитиннэрбитэ. Кини этэринэн, дьаһал намыһах дохуоттаах ыаллары өйөөһүҥҥэ ананар. Төрөппүттэр бастакы төлөбүрдэрин ыам ыйыгар ылыахтара.

Босуобуйаны 3- тэн 7- гэр диэри саастаах оҕолорго ааҕалларын курдук төлөнүөхтээх уонна суоттаныахтаах. Көмө харчы кээмэйэ олорор сиргиттэн тутулуктаах буолуоҕа, быһа холоон, 6- тан 12 тыһыынчаҕа диэри сууманы биэриэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА