Роспотребнадзор биллэрбитинэн, балаһыанньа хонтуруолга тутуллар. Инфекцияҕа хаптарбыт киһи мунна бүөлэнэр, сөтөллөр, температураланар, тыынара ыарыыр уонна да атын тыынар уорган ыарыытын симптомнара көстөллөр. Вирус салгынынан бэриллэр.
«Симптоматическай эмтээһин барар, атыны туттуллубат», — диэтэ РНА академига, И.И. Мечников аатынан вакцина уонна сыворотка научнай-чинчийэр институтун салайааччыта Виталий Зверев. Метапневмовирус биир сааһын туола илик оҕолорго кутталлаах, диэтэ быраас. Ыарыы сэбирдэхтэтиигэ тирирдиэн сөп. Дьарҕа ыарыылаах кырдьаҕастар эмиэ ыараханнык аһардаллар.
«Сорох СМИ-га бу вирустан өлүү 30-43 бырыһыаҥҥа тэҥ диэн информация таҕыста. Оннук буолбатах, — диэтэ Ивановскай аатынан вирусология институтун арбовирустарга отделын уонна биология лабораториятын салайааччыта Александр Бутенко. — Өлүү суох. Биирдиилээн ураты вирустар бааллар. Холобур, Африкаҕа эбола вируһа, ыарыы өрө туруутугар 96 бырыһыаҥҥа тэҥ».