22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уус Алдаҥҥа Олоҥхо дьиэтигэр «Кэскил биһигэ» бырайыак олоххо киирдэ

Хаартыска: Саха НКИХ саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ахсынньы 27 күнүгэр култуура, искусство уонна айар-тутар эйгэ сүнньүнэн, Россия президенын көҕүлээһининэн, “Кэскил биһигэ — олохпут түсчүтэ” оҕолорго аналлаах төрүт үгэһи аныгы олох тэтимигэр дьүөрэлиир интерактивнай эйгэ Уус Алдан улууһун “Олоҥхо Дьиэтэ” этнокультурнай киинигэр үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Бу фонда 2023 сыл иккис күрэҕэр Саха сириттэн 180 сайаапка кыттыбытыттан, 15 кыайыылаах бастыҥ ахсааныгар киирсэн, олоххо киирдэ, суруйда «Саха» НКИХ.

«Бырайыак сыала — эдэр төрөппүт дьон ханнык баҕар кэмҥэ кэлэн куруһуоктарга, араас тэрээһиннэргэ  кыттар кэмнэригэр оҕолорун бу аныгылыы тыыннаах хосхо хаалларан дьарыктаныахтарын сөп. Онон кэскиллээх бырайыак үлэлээн элбэх оҕо, төрөппүт сылдьыа, дьарыктаныа, аралдьыйыа дии саныыбыт», — диэн кэпсээтэ бырайыак хамаандатын бэрэстэбиитэлэ Оксана Лугинова. 

Бу хоско сахалыы сиэргэ-майгыга, төрүт үгэскэ үөрэтэр сыаллаах оонньуурдар, сахалыы ойуулуктар, үөрэтэр сыаллаах видеолар бааллар.

Ону таһынан, фольклор хайысхатыгар оҕолору олоҥхоҕо, хомуска, оһуохайга дьарыктыыр бырагыраамалар бааллар.

Бырайыакка олохтоох маастардар балаҕан барылын, симии оһоҕу, туос түннүктэри, иһит-хомуос арааһын, оонньуурдары, остуолу, олоппоһу, ыскамыайканы, музыкальнай инструменнары оҥордулар. 

2024 сыл Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уурааҕынан “Дьиэ кэргэн” сылынан биллэрилиннэ, Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан “Оҕо-аймах сыла” буолар. 

Онон Олоҥхо Дьиэтигэр, оҕолорго аналлаах аныгылыы интерактивнай эйгэ хоһо 2024 сылы көрсө аһыллыбыта олус тоҕоостоох. 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА