Россияҕа арыгы, наркотик тарҕанарын, социальнай тэҥэ суох балаһыанньа баарын тухары, араас буруйу оҥоруу тахса турар. Ол курдук оҕону утары буруйу оҥоруу ахсаана сыллата улаата турара дьиксиннэрэр. Холуобунай кодекс “Ийэ оҕотун өлөрүүтэ” ыстатыйанан сыллата 80-100 дьахтар сууттанарыттан 40-50 дьахтар буруйа дакаастанан хаайыыга барар.
Госдумаҕа “беби-бокстары” туруорары көҥүллүүр туһунан мөккүөр уҕараабат. Госдума дьиэ кэргэн, дьахталлар уонна оҕолор боппуруостарыгар кэмитиэтин салайааччы Елена Мизулина Дьиэ кэргэн кодексата сымнаҕаһа бэрт диэн этэр. Кини бу сокуон бырайыага ылылларын утарар. Оттон «Колыбель надежды» аһымал фонда уонна аҕыйах уопсастыбаннай түмсүүлэр «беби-бокстары» көҥүллүүрү туруорсаллар.
2011 сылтан номнуо 11 региоҥҥа дьокутааттар маннык дьааһыктары туруорууну көҥүллээннэр, 20-чэ «беби-бокс» үлэлии турар. Түөрт сыл устата маннык «бокстарга» барыта 34 оҕону бырахпыттар. Мантан 5 оҕону төрөппүттэрэ төттөрү ылбыттар, атыттары (биир уолтан уратыны) дьон иитэ ылбыттар.
«Колыбель надежды» фонда салайааччыта Елена Котова этэринэн, оҕону түбэһиэх сиргэ быраҕыахтарынааҕар балыыһаҕа, быраастар илиилэригэр хаалларбыттара ордук. Итинник гынан, оҕону өлөр өлүүттэн быыһыыбыт диэн кини этэр.
Россияҕа оҕо быраабын боломуочунайа Павел Астахов «беби-бокстары» утарар. Кини этэринэн, Конституцияны, оҕону көмүскүүр сокуоннары, ХНТ Конвенциятын кэһэр үһү. «Ийэ оҕотун быраҕарын көҥүллүүр уонна оҕо төрөппүттэрэ ким буоларын билэр быраабын быһар», — диэн кини утарар. Ол иһин Москваҕа баччааҥҥа диэри «беби-бокс» диэн суох.
2015 сылга оҕолору утары 964 буруйу оҥоруу тахсыбыт. 1323 оҕо быраабы кэһэн, буруйдаммыт.
Оттон Саха сиригэр балаһыанньа хайдаҕый? Түөрт сыллааҕыта Дьокуускайга «беби-боксу» туруоруохха диэн боппуруос көтөҕүллэ сылдьыбыта эрээри, утарааччылар көстөннөр, аһыллыбатаҕа.
Соторутааҕыта Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо, ыччат, физкультура уонна спорт дьыалаларыгар сис кэмитиэтин мунньаҕар бу боппуруоһу көрдүлэр. Мөккүөрдээх мунньах буолла.
“Россия Федераиятыгар оҕо быраабын сүрүн мэктиэлэрин туһунан” федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр туһунан сокуон барылын дьүүллэстилэр. Уларытыыларга «беби-бокстары» көҥүллүүр туһунан этии баар. Баар чахчылары ырытан көрөн баран, дьокутааттар улаханнык мунаардылар. Сорохтор «атын регионнарга сокуон үлэлии турар буоллаҕына, биһиги эмиэ киллэриэххэ» диэн эттилэр. «Оҕо олоҕун быыһааһын» – саамай сүрүн куоһур буоларын бэлиэтээтилэр.
Ол да буоллар, оҕо быраабын боломуочунайа Анна Соловьева кэлэн, утарарын биллэрдэ. «Эһиги оҕону туох да докумуона суох быраҕары көҥүллүөххүт иннинэ, үчүгэйдик толкуйдаан көрүҥ«, — диэн кини дьокутааттары ыҥырда.
Түмүгэр, тустаах кэмитиэт дьокутааттара бу боппуруоһу Ил Түмэн уопсай мунньаҕар көрөргө куоластаатылар. Онон бу боппуруос өссө да аһаҕас хаалар.
ЫСПЫРААПКА:
«Бэби-бокс» диэн төрүүр дьиэ, эбэтэр атын да балыыһа ойоҕоһугар анал аһыллар дьааһыктары туруораллар. Оҕону манна аҕалан уктуҥ да, 30 сөкүүндэ иһигэр “лип” гына сабыллар, балыыһа иһигэр сигнализация үлэлиир. Сиэстэрэ хоһугар анал лаампа умайар, тыаһаан биллэрэр. Түүннэри-күнүстэри видеокамера үлэлиир. Манна оҕолорун хаалларбыт ийэлэр туох баар эппиэтинэстэн босхолоноллор. Туох да докумуону толорботтор. Ону ааһан, ийэ алта ый устата толкуйдаан баран, ДНК-тест оҥотторон, оҕотун төттөрү ылыан сөп. Алта ый кэнниттэн оҕону атын дьон иитэ ылыахтарын сөп.