Саха сиринээҕи хатыыс балык собуотун эбийиэгин тутууга бырайыактыыр-сметалыыр үлэ саҕаланна. Хантараак быһыытынан болдьоҕо 120 хонук, СИА-ҕа тутуу министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
«Саха сиринээҕи хатыыс балык собуота» эбийиэги тутууга бырайыактыыр-сметалыыр докумуону оҥорууга куонкурус түмүктэннэ. Электроннай киэбинэн тоҕус сайаапка киирбититтэн, саамай үрдүк рейтиннээх ««Дьиэ» архитектуралыыр — тутар хампаанньа» ХЭУо кыайыылааҕынан таҕыста.
Эбийиэги бырайыактааһын уонна тутуу федеральнайдааҕы бюджеттан үбүлэнэр. Собуоту 2024 сылга диэри Хаҥалас улууһун Улахан Ааныгар үлэҕэ киллэриэхтээхтэр.
Собуот үлэҕэ киирдэҕинэ, Лена бассейныгар күндү балыгы дэлэтиигэ соруктаах үлэ ыытыллыаҕа. Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ балык хаһаайыстыбатын тэнитиигэ научнай-чинчийэр үлэлэр ыытыллыахтара.
Собуот Саха сирин ууларыгар 3 мөл майаҕас ууһун уонна 1 мөл хатыыһы таһаарыаҕа.