Тыа хаһаайыстыбатын дьоҕус биэрэпиһэ атырдьах ыйын 1 — 10 күннэригэр 24715 кэтэх хаһаайыстыбаны хапта. Бу туһунан СИА тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар. Билиҥҥитэ былаан 40,3% туолбут.
Тааттаҕа биэрэпискэ былаан 52,6%, Уус Алдаҥҥа 51,5% туолан иһэр. Чурапчыга 49,0%, Аммаҕа – 47,7%. Кинилэр кэннэ Ньурба – 43,7%, Нам – 41,1%, Мэҥэ Хаҥалас иһэллэр.
Тыа хаһаайыстыбатын дьоҕус биэрэпиһэ 10 боппуруостан турар. Кирэдьиит, судаарыстыбаттан көмө, сүөһү-сылгы, дьиэ көтөрүн ахсаанын, туһаныллар сир иэнин, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын туохха туһаналларын туһунан ыйыталлар.
Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар ыйынньыктарга бэйэлэрэ эппиэттииллэр. Биэрэпис бланкаларын кинилэр атырдьах ыйын 20 күнүгэр туттараллар. Атырдьах ыйын 10 күнүгэр уопсайа 140 (25,7%) хаһаайыстыба, 580 (18%) крестьянскэй итиэннэ биирдиилээн урбаанньыттар биэрэпискэ кыттыбыттар.