23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Тулхадыйбат тулуурдаах буоларга эрэли, күүһү-уоҕу эбэн

10:53, 02 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Күнүс 14.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ Майа сэлиэнньэтин, улуус бары тэрилтэлэрэ, управлениелара кыттыыны ыллылар. Ону сэргэ Майаттан, атын нэһилиэктэртэн биирдиилээн олохтоохтор актыыбынайдык кытыннылар.

Ити күн Аллараа Бэстээххэ «Олоҥхо» дьиэтигэр бөһүөлэк тэрилтэлэрэ, өрүс эҥэр нэһилиэктэр кыттыылаах акция эмиэ ыытылынна.

«Аһымал» акция түмүгүнэн уу харчынан 888490 солкуобай, мэктиэ суругунан 2 571597 солкуобай  77 харчы, счеттарыгар 227 550 солкуобай, анал аадырыһынан 1 766 430, сертификатынан 5 000 солкуобай, уопсайа 5459 067 солкуобай 77 харчылаах көмө оҥоһулунна.

16 квартиралаах дьиэ бүүс-бүтүннүү уокка былдьаммытын, олохтоохтор оҕолуун-уруулуун турар бэйэлэрэ эрэ хаалбыттарын истэннэр, «Норуот күүһэ ‒ көмүөл күүһэ» диэн этиинэн салайтаран, уйаҥ дууһалаах, аһыныгас сүрэхтээх биир дойдулаахтарбыт тута таҥас-сап, иһит-хомуос, дьиэҕэ туттуллар маллары хомуйбуттара, олох очурдарыгар оҕустарбыттарга өйөбүл, күүс-көмө буолбуттара, инникитин даҕаны иэдээҥҥэ түбэспиттэргэ кытаанах санаалаах, тулхадыйбат тулуурдаах буоларга эрэли, күүһү-уоҕу эбиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА