23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Туймаада Ыһыаҕар 180 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта

10:04, 27 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу өрөбүллэргэ буолан ааспыт Туймаада Ыһыаҕа Үлэ сылыгар ананна.


Быраабы араҥаччылыыр уорганнар иһитиннэриилэринэн, икки күннэх Ыһыах кэмигэр 180 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта. Тэрээһин быһылаана суох, үрдүк таһымнаахтык ааста.

СИА-ҕа куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Ыһыах кэмигэр Үс Хатыҥҥа 2,5 тыһыынчаттан тахса түһүлгэ төрүттэммит. Сүүһүнэн тэрээһин биир тэҥинэн ыытыллыбыт.

Ыһыаҕы үөрүүлээхтик аһыы сиэрэ-туома, оһуохай, норуоттар икки ардыларынааҕы II-с «Айыы аһа» кымыс фестивала, «Саламаат-2016», «Дьөһөгөй оҕолорун оонньуулара», СӨ баһылыгын уонна мээр бириистэригэр ат сүүрдүүлэрэ, о.д.а. тэрээһиннэр буолбуттара.

Архитектурнай-этнографическай комплекс 15 тыһыынча миэстэлээх саҥа трибуналара ыалдьыттарга анаан аһыллыбыта. Биллэн турар, «Дыгын Оонньуулара» дьон-сэргэ болҕомтолорун үөһүгэр турда. Быйыл Хаҥаластан төрүттээх Егор Филиппов кыайыылаах үрдүк аатын ылла.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар