19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Томпоҕо үс нэһилиэккэ элбэх квартиралаах дьиэлэри туталлар

16:47, 11 мая 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт сыллаахха Томпо оройуонугар «Саахалланар уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» федеральнай программа чэрчитинэн 2013-2017 сс. иккилии этээстээх олорор дьиэлэри тутуу саҕаламмыта. Былырыын биэс муниципальнай тэриллиигэ сэттэ дьиэ үлэҕэ киирбит буоллаҕына быйыл үс муниципальнай тэриллиигэ үлэ салгыы ыытыллар.


Ол курдук былырыын табаһыттар олорор Томпо эбээн нэһилиэгэр 12-лии квартиралаах толору хааччыллыылаах икки дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Быйыл өссө биэс дьиэ тутулла турар. Бу нэһилиэккэ 2017 сылга диэри барыта 17 саҥа дьиэ тутуллуо.

Былырыын шахтердар олорор Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр биир 12 квартиралаах толору хааччыллыылаах дьиэ тутуллубута. Быйыл икки 22-лии квартиралаах дьиэлэри тута сылдьаллар.

2015 сылга сахалар олорор Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр саҥа тутуллубут икки 16-лыы квартиралаах толору хааччыллыылаах дьиэҕэ малааһыннаабытттара. Быйыл өссө икки дьиэҕэ көһүөхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА