Өрөспүүбүлүкэ экспортка хайысхалаах тэрилтэлэригэр саҥа кыахтар арыллыахтара. Бу туһунан тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистир Гаврил Кириллин СИА-ҕа эттэ.
«Уһук Илини сайыннарыыга социальнай-экономическай национальнай бырагыраамаҕа Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар табаардар уонна өҥөлөр аан дойду ырыынагар бэйэлэрин миэстэлэрин булалларыгар суолу арыйар тэрээһиннэр киллэриллэллэригэр эрэллээхпин», — диэтэ миниистир Гаврил Кириллин.
Бэлиэтиир буоллахха, ыйаах РФ бырабыыталыстыбата Уһук Илини 2024 сылга диэри сайыннарыы национальнай бырагырааматын бигэргэтэригэр сорудахтыыр. Манна бастатан туран, экономиканы тупсарыыга, ол иһигэр экспортка хайысхалаах салаалар, киллэриллиэхтээхтэр.