Ааспыт нэдиэлэҕэ Нам улууһугар Атамай сириттэн силис тардыбыт, Ала оҕонньортон ууһаан-тэнийэн кэлбит Таастаах нэһилиэгэ сөргүтүллүбүтэ 30 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтиир тэрээһин буолан ааста.
1986 сыллаахха «Нам» сопхуос салалтатыгар үлэлиир дириэктэр Д.Ф. Алексеев, совхоз паркомун сэкирэтээрэ И.И. Иванов, профком бэрэссэдээтэлэ Е.Д. Гаврильева, комском сэкирэтээрэ М.П. Ядреева көҕүлээһиннэринэн Таастаах иккистээн сөргүтүллэн, билигин 320 киһи, ол иһигэр 116 оҕо олохсуйан олорор. Аан маҥнай Өргөлөөх сиригэр аҕыйах киһилээх биригээдэ нэһилиэк дьиэтин-уотун чөлүгэр түһэрэ, саҥа тутуулары ыыта кэлбит бириэмэтиттэн 30 сыл ааһа охсубут. Бу сыллар тухары Таастаах сайдан-чэчирээн киһи эрэ астына-дуоһуйа олохсуйар сирэ-уота буолан турар.
Тыһыычанан нэһилиэнньэлээх Таастаах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ 50-с сылларга, уот кураан кэмигэр төрөөбүт төрүт сирдэрин хаалларан, улуус киин сирдэринэн көһөргө күһэллибиттэрэ.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ урукку «Таастаах» сопхуос дириэктэрэ Дмитрий Шадрин, кыраайы үөрэтээччи, Таастаахтан төрүттээх Иннокентий Кривошапкин, нэһилиэк бастакы баһылыга В.И. Казанов дьиэ кэргэнэ, улуус, нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара, бастакы учууталлар, нэһилиэк сайдарын туһугар сыраларын уурбут, Таастаахтан төрүттээх, нэһилиэги сөргүтүүгэ туруулаһан үлэлээбит ытык дьон эҕэрдэ тылларын эттилэр, истиҥ тылынан ахтан санаан аастылар.
Мустубут дьон «Төрүт сиргэ төннүү» диэн нэһилиэк историятын, билиҥҥи олоҕун-дьаһаҕын сиһилии сырдатар, көрдөрөр Анна Захарова таҥан оҥорбут, «Номад» студия салайааччыта Михаил Эверстов үлэлэспит документальнай киинэни көрдөрдүлэр.
Отучча сыллааҕыта чөлүгэр түспүт нэһилиэк, билигин, кэнчээри ыччата инники эрэли үөскэтэр. Таастаахха төрөөбүт оҕолор инникитин этэҥҥэ улаатан, үөрэхтэнэн, дьоһун үлэһит буолан дойдуларын чэчирии сайыннарыахтара, аныгы олох тэтимин тутуһан саҥа саҕахтары арыйыахтара турдаҕа.