22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сунтаарга нэһилиэк баһылыктара салаа да оту улуус таһыгар таһаарбат соруктаахтар

11:55, 29 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Атырдьах ыйыгар СӨ Бырабыыталыстыбатыттан оробуочай биригээдэ тэриллэн, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын кэрийэн оттооһун балаһыанньатын көрүөхтэрэ. Сунтаар, Ньурба улуустарыгар СӨ култуураҕа миниистирэ Владимир Тихонов салайааччылаах биригээдэ сылдьыаҕа.


Кинини кытта Владимир Прокопьев, Семен Березин, Дьулустаан Харлампьев сылдьыахтара диэн былааҥҥа баар. Атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри ити икки улуус бары нэһилиэктэринэн сылдьан от үүнүүтүн, от үлэтин хаамыытын графикка тэҥнээн көрүөхтэрэ. Ити үлэ түмүгүнэн эбии от атыылаһыы, транспортнай ороскуоттары уйунуу боппуруостара быһаарыллыахтара.

Сунтаар улууһа окко былаан 10%-нын да толорбокко олорор. Улуус иһин көрөр буол-лахха, от ыйын 28 күнүнээҕи туругунан Кэмпэндээйи нэһилиэгэ 7 т, Тэҥкэ нэһилиэгэ 16,5 т, Устье нэһилиэгэ 3 т оту кээспиттэр. Онтон үчүгэй көрдөрүүлээх Дьаархан нэһилиэгэ. Дьаархаттар 289 т оту кээспиттэр.

Нэһилиэк баһылыктара, исписэлиистэрэ от былаанын кыччатарга, мобильнай биригээдэлэри өйүүргэ, оту улуус таһыгар атыылыыры боборго, урукку буолалары оҥорон оту, бурдугу ыһарга этиилэрдээхтэр. «Оту атыылааһыҥҥа, биллэн турар, чааһынай дьон бэйэтэ билэринэн кимиэхэ баҕарар, харчытын утары ууннар эрэ отун биэрэр. Ону хайдах эрэ дьаһал таһааран, улуус таһыгар атыылыыры бобуохха, улуус иһинэн от сыанатын быһан биллэриэххэ наада», — диэн этиилээх тыа сирин баһылыктара улуус салалтатыгар таҕыстылар.

Ааспыт нэдиэлэттэн тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иван Тихонов нэһилиэктэри кэрийэн от үүнүүтүн көрө сылдьар. От үүнүүтэ быстар мөлтөх. Нэһилиэктэринэн кэрийэн көрдөххө, биирдиилээн ходуһаларга хойуу оттоох сирдэр бааллар. Хоро сиригэр от тэбиитэ баар. Элгээйи өттүгэр бэттиэмэ от үүнүүтэ үчүгэй соҕус. Чааһынай дьон, тэрилтэлэр былырыыҥҥы көрдөрүү 50%-нын эрэ ылабыт дии олороллор.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА