22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сунтаар улууһун сылгыһыттара ким бастыҥ буоларын быһаарыстылар

Фото: Анжелика Никифорова, Сунтарский улус
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2016 сылтан ыытыллар Сылгыһыт күнүн чэрчитинэн, Элгээйи нэһилиэгэр Сунтаар улууһун уонна Элгээйи нэһилиэгин дьаһалталарын көҕүлээһиннэринэн, Ленин орденнаах «Элгээйи» совхоз биир киэн туттар Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта Александр Афанасьевич Александров төрөөбүтэ 95 сылыгар уонна Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта Александров Парфений Ивановичка аналлаах  улуустааҕы «Сылгыһыт күрэһэ-2023» үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Сарсыардаттан «Оһуор» Култуура киинигэр күрэскэ кытта кэлбит ыалдьыттары нэһилиэк баһылыга  Павел Анатольевич Григорьев, улуус баһылыгын солбуйааччы Борис Серафимович Васильев, улуус тыа хаһаайыстыбатын начальнигын солбуйааччы Готовцев Григорий Семёнович, Александров А.А. төрөппүт кыыһа Альбина Александровна Романова, Александров П.И. төрөппүт кыыһа Ангелина Парфеньевна Попова эҕэрдэлээтилэр. Ону тэҥэ күрэскэ кэлбит хамаандалары билиһиннэрии, бастыҥ сылгыһыттарга наҕараадалары туттарыы үөрүүлээх чааһа буолла.

Нэһилиэк урукку аэропордун территориятыгар күрэс сүрүн чааһа буолла. Ол курдук түөрт түһүмэхтэн турар хамаанданан күрэххэ Бордоҥ, Маар Күөл, Күндэйэ, Күүкэй, Элгээйи нэһилиэктэрэ кыттыылаах 5 хамаанда  күөн көрүстэ. Хас биирдии хамаанда састаабыгар түөртүү эр бэрдэ киирэр. Сүрүн күрэхтэһии өрөспүүбүлүкэтээҕи балаһыанньанан ыытылынна. Ол курдук хамаандалар ат сүүрдүүтүгэр, сыал ытыытыгар күрэхтэстилэр. Күрэс түмүгүнэн 8 мүн.04 сөк. бастыҥ көрдөрүүлээх  Бордоҥ нэһилиэгин хамаандата 1 миэстэни ылан күрэс сүрүн спонсордара Александров Александр Афанасьевич оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут 60 000 солк. суумалаах сүрүн бирииһи тутан үөрүү өрөгөйүн биллилэр.

2-с бочуоттаах миэстэҕэ 8 мүн.41 сөк. бириэмэни көрдөрөн, Күүкэй нэһилиэгин хамаандата тигистэ уонна Сунтаар улууһун ТХУ туруорбут 30 000 солк. бирииһин хаһаайынынан буоллулар. 3 миэстэҕэ 8 мүн.51 сөк. кэлбит Маар Күөл сылгыһыттарын хамаандата таҕыста уонна Сунтаар нэһилиэгин «Булчут» маҕаһыын (Попов С.В.) туруорбут 20 000 солк. суумалаах сертификатын туттулар.

Биирдиилээн кыттааһыннаах күрэскэ, 1200 миэтэрэҕэ ат сүүрдүүтүгэр 10 кыттааччыттан Маар Күөл ат сүүрдээччитэ Иванов Руслан Анатольевич биэтэккэ бастакынан кэлэн, бочуоттаах 1 миэстэни ылан, Александров Парфений Иванович оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут 30 000 солк суумалаах МР-155 саа ыларга сертификатынан наҕараадаланна. Бу күрэскэ 2 миэстэни Хоро сылгыһыта Игнатьев Михаил Семенович ылан, Сунтаар нэһилиэгин «Булчут» маҕаһыыныттан ыларга Ананьев Николай Константинович аймахтара туруорбут 12 калибрдаах 250 ботуруон сертификатын тутта. 3 миэстэҕэ Элгээйиттэн Петров Демьян Никифорович тигистэ уонна «Булчут» маҕаһыын 5 тыһ. солк. уонна Ананьев Н.К. аймахтара туруорбут 3 тыһ. солк. суумалардаах сертификаттарын тутта.

Бэргэн ытааччы күрэһигэр 12 киһи кыттыбытыттан, Бордоҥтон сылдьар Павлов Иван Александрович бочуоттаах 1 миэстэни ылан, Игнатьев Алексей Романович генеральнай дириэктэрдээх Кэмпэндээйитээҕи туус хампаанньата туруорбут 1 туонна тууска сертификатын уонна Ситим тэрилтэ туруорбут 5 тыһ. солк. суумалаах сертификатын тутта. 2 миэстэни Маар Күөл бэргэн ытааччыта Иванов Руслан Анатольевич ылан, эмиэ Кэмпэндээйитээҕи туус хампаанньата туруорбут 1 туонна тууһу ылар сертификатын уонна 2 тыһ. солк. ылла. 3 миэстэни Элгээйиттэн Кондратьев Андрей Арианович ылан, Элгээйи нэһилиэгин Иванова Д.Е., Иванова Г.Е, Петров Д.Н. бааһынай хаһаайыстыбалар туруорбут 10 000 солк уу харчытынан наҕараадаланна.

Тоҥ хаарынан ат сүүрдүүтүгэр муҥутуур кыайыылааҕынан Маар Күөл бастыҥ сылгыһыта Иванов Руслан Анатольевич буолан, Иванов  Николай Алемфьевич туруорбут 5 куул эбиэһинэн наҕараадаланна.

Күрэс тэрээһинигэр улахан көмөнү оҥорбут тэрилтэлэргэ: ХЭТ «Айан-Суол» (сал. Крыжановскай В.В. ат сүүрэр былаһааккатын бэлэмнээбитигэр), Львов В.М, Попов С.В. бааһынай хпһппйыстыбалар олохтоох бородууксуйанан кыттааччылары күндүлээбиттэринэн махталбытын тириэрдэбит.

Элгээйи нэһилиэгин дьаһалтата быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Үлэ сылынан, үлэһит дьону чиэстиир, тыа сирин тутаах үлэһиттэрин — сылгыһыттары, кинилэр сыралаах, эппиэттээх үлэлэрин көрдөрөр, билиһиннэрэр, бу салааҕа ыччат дьону тардар сыаллаах бу улахан тэрээһини үрдүк таһымҥа ыытта.

Тиэкис: Диана Семенова

Хаартыска: Анжелика Никифорова

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА